Как сейчас помню, идет по Якутску маленький человек с рюкзаком и с большими охотничьими сапогами, точнее с рыбацкими. Это Иван Ласков. Большой знаток истории и литературы и большой спорщик. Поэт С. Шевков, его близкий друг, в своих воспоминаниях «О друзьях товарищах» отмечает, что у Ивана, среди других достойных качеств, была «потрясающая, невероятная, почти запредельная эрудиция» и «логика у Ивана была колоссальная, такая о которой говорят – “железная”, а аргументация - высочайшего понятийного и ораторского класса».
Один очень известный наш поэт напоминал ему не раз:
— Ты должен спорить с самим Державиным!
— Почему?
— Потому что ты будешь моим личным представителем там, в Москве, ясно? Только моим! Надо будет спорить!
— Почему?..
— Ты. Иван (тут следовало известное изречение «дурак»), знаешь, мы должны иметь свой собственный голос, ясно?! Мы на окраине тоже мыслим, ясно?!..
Так или почти так готовилось издание на русском языке нашего великого эпоса «Нюргун Боотур Стремительный». Редактором был Иван Ласков.
Иван приехал в нашу республику в 1971 г. Сначала он работал в газете «Молодежь Якутии», сотрудниками которой тогда были известные журналисты - Ю. Карпов. А. Петров и Л. Левин, потом в местном книжном издательстве вместе с ведущими редакторами - писателем П. Аввакумовым и поэтом В. Шеметовым, долгие годы заведовал отделом критики и науки в журнале .»Полярная звезда», где работали переводчик А. Шапошникова, писатель И. Иннокентьев и другие.
Занимался переводом литературных произведений с якутского языка на русский. Он перевел стихи С. Данилова. Л. Попова и П. Тобурокова, поэму Кюннюк Урастырова «Земля - наш дом», а также ряд повестей В. Гаврильевой, повесть Н. Якутского «Из тьмы», роман А. Сыромятниковой «Кыыс Хотун».
Выходили его книги: сборник рассказов «Ивановы», «Андрей-Эндэрей - справедливый человек, или Белорус на полюсе холода», «Лето циклонов», «Пищальники не пищат».
Иван Антонович Ласков (1941 - 1994 гг.) родился в Белоруссии, в голодной деревне военного времени. Воспитывался в Могилевском детском доме, учился только на «отлично» и дважды отдыхал в «Артеке».Учился в Белорусском госуниверситете и в Москве, в Литературном институте им. М. Горького. По собственному желанию приехал на Север, в нашу республику. Работал при Семене Данилове, дружил с ним. Это один из их разговоров я вспомнила.
Эпос якутский был издан очень красиво в Калининграде, куда Иван ездил два раза, а может, и больше. Был в Москве у самого Вл. Державина, долго работал с художниками, с издателями.
Тогдашний местный обком не всегда бывал согласен даже с Семеном Даниловым. Известный поэт ездил в Польшу, звал гостей, стал заслуженным работником культуры ПНР. Он иногда нуждался в переводчике с польского языка. Таковым здесь, на дальней окраине, оказался Иван Ласков.
Сегодня есть хорошее слово - имидж. Поэт как писал, тик и жил. Много ходил, ездил, странствовал. Но немногие об этом знают. В последний год жизни продолжительное время он провел в Казачьем с певцом тундры Н. Дьяконовым.
Представленные здесь мною стихи Ивана Ласкова не были опубликованы, это стихи молодых лет поэта, хорошо известного как автор поэмы «Тамерлан». Именно так озаглавил её сам автор. В бывшем СССР обком запретил название поэмы, она была опубликована как „Хромец». Ивану Ласкову пришлось много сокращать, менять. История с поэмой любопытна тем, что показывает: мы бываем порой неоправданно придирчивы и, кажется, издаем, запрещаем в общем-то не всегда правильно. Как видите, здесь ничего запретного нет! Поэма сейчас может нам напомнить наши молодые годы и порою жестокие ошибки.
В стихотворении «Какая безбрежная скука...» слово «скука» кое-кому не понравилось. Помнится такой диалог:
— Ваня! Вы такой молодой, крепенький, здоровый молодой человек, откуда у вас может быть скука?..
— Разве я не могу скучать?
— Можете. Но не мне же говорить о сущности поэзии. Что такое поэтическое слово?
— Как вы можете говорить такое мне, автору «Тамерлана»!..
Нам некогда было оглядываться, но иногда, оглянувшись, смеялись, иногда грустили. Отчего?.. О чём?.. О своём молодом оптимизме, о своих молодых мыслях и об ушедших жестоких годах. Но жизнь продолжалась. Иван много ездил, любил странствовать, пешеходить с рюкзаком за плечами. Жаль, рано умер. Только начинали жить. Только начиналась перестройка. Менялась структура власти.
Здесь стихи 1959 - 1967 гг.
В. Гаврильева,
вдова поэта, писательница
*
Иван Ласков
В СКИТАНИЯХ
Белый медведь
Тончайший земляничный запах.
Блестит холодных крышек медь.
Поднял поднос на белых лапах
Цивилизованный медведь.
Он нарисован.
В грязной шубе.
Ему, наверное, тепло,
А у мороженщицы губы
Декабрьским холодом свело.
Она сама — как медвежонок,
И под халатиком — пальто.
Крепится изо всех силенок,
Но не заплачет ни за что.
Да что ей!
Эскимо не тает.
Вот скучно.
Ну да как-нибудь!
Она. гляди, еще мечтает
На полюс Северный махнуть
1959
Лесное озеро
Чиста вода,
высоки сосны,
Лягушек нет,
пиявок нет.
Качает выцветшие весла
Волны изогнутый хребет.
Встает улыбчивое утро
И уплывает в синеву.
Я сам, как парусное судно,
За синим утром уплыву.
Какие в озере глубины:
Гляжу на дно —
не вижу дна.
И глубина неодолима,
И неподвижна тишина.
На берегу бурчат лениво,
Что я плыву от коллектива.
Пускай бурчат.
А лучше — спят
* * *
О озорные сверстники мои.
Вы помните, как нас девчонки гнали
И с нами в суматошную «Замри»
Презрительно и чинно не играли?
Но было лето, был полдневный зной,
И я не понял сразу, что случилось:
Сказал «Замри» я, и передо мной
Впервые девочка остановилась.
Как будто бы заранее ждала.
Чтоб я сказал ей это слово,
Закрыв глаза, девчонка замерла —
Застенчиво и чуточку сурово.
И позабыл я об игре пустой.
Я замер сам, встревожен и стреножен.
Смущен впервые женской красотой
И женскою беспомощностью тоже.
Я убежал, я дико убежал
И где-то хмуро думал до заката.
Наверное, мне было очень жаль.
Что это все случилось рановато.
Прошло сто лет, но все равно я жду,
О, как я жду, что чудо повторится!
Вот я опять по городу иду.
Шепчу: «Замри» и вглядываюсь в лица.
* * *
А в скитаниях моих по свету
Одного лишь желаю я —
Чтобы всюду, куда приеду.
Ожидаю письмо меня
Чтоб хотя бы совсем немного.
Чтоб хотя бы 12 слов:
То ли добрый совет в дорогу,
То ли просьба, чтоб был здоров.
Я летаю по белу свету.
Опостылел мне белый свет.
И туда, и сюда я еду.
А письма мне все нет и нет.
Но зовет меня в расстоянья,
Через черные гонит мосты
Фантастическое желанье
Фантастической доброты.
Над кюветами пыль буксует;
Над дорогою — провода,
Как письмо в линейку косую,
Адресованное — куда?
Возвращение
Пришел он с мешком за плечами,
Обрызганный грязью дорог.
В мужской неисходной печали
Глядел на знакомый порог.
Он столько мечтал вот об этом.
Он вымучил эту мечту.
Он странник, он не был поэтом,
Не смог он понять красоту.
Вглядевшись в черты дорогие,
Он понял ее лишь тогда,
Когда увидали другие
Ее без большого труда.
* * *
Какая безбрежная скука!
Но я замечтал в тишине,
Что в комнату прямо без стука
Ворвешься сейчас ты ко мне.
Присядешь на краешек стула
И, хитро глазами блестя,
Расскажешь, как чуть не заснула
В вагоне под шелест дождя.
Я чай подзабуду и сахар,
Плиту, торопясь, затоплю,
Единым звериным замахом
Железный батон разрублю
Мы будем до утра калякать.
Мы клятвы друг другу дадим
Не злиться, не хныкать, не плакать.
Ход времени необратим.
Какая безбрежная скука!
А я замечтал в тишине.
Что в комнату прямо без стука
Ворвешься сейчас ты ко мне.
/Полярная звезда. № 1. Якутск. 2006. С. 50-53./
Поэт Иван Ласков 60 сааһыгар
СУРУЙААЧЧЫ ДОҔОТТОР
Биһиги хаһыаппыт аата — “Өлүөнэ сарсыардата”. Өлүөнэбит сарсыарда тын сөбүлээн ыллаабыт, хоһуйбут үгүс доҕотторбут арҕаа мыраан кэтэҕэр саспыттара быданнаата. Оо, ол эрээри биһиги бүгүн даҕаны ол суохтуур атастарбытын, саха, нуучча суруйааччыларын субу баардыы ахтан-санаан ааһабыт. Өлүөнэ сарсыардатын таптаан хоһуйбута Иван Гоголев, Өлүөнэбит сарсыардатын сөбүлээн ылласпыта нуучча биир поэта Иван Антонович Ласков.
Ыраах сиртэн-дойдуттан төрүттээх талааннаах нуучча суруйааччытыныын мин ыал буолан отуттан тахса сыл олорон кэлбиппит. Ыал буолуу диэн бэйэтэ туспа искусство буоларын онно билбитим. Доҕор атас туһугар киһи оччолооҕу оҥорор диэни өрүү өйдөөн күн бүгүҥҥэ диэри кэллим. Биир ыал олоҕор син арааһы көрбүппүт-билбиппит. Олортон сорох-сорох түгэннэрин субу хаартыскалартан көрөн, баҕар, санааҕыт астыныа, баҕар, туох билиэй, адьас атынатын этиллибэт эридьиэс тыллар сүрэххитигэр, өйгүтүгэр сүүрээннэнэн ааһыахтара... Буоллун! Ол да буоллар диэҕиҥ, ыал да олоҕор, биир ыал олоҕор, арытарыт биһиги улуу дойдубут хайа эмэ тыына, хайа эмэ сөрүүн салгына, ичигэс санаата, сүрэҕин сылааһа, баҕар, илгийэн ааһыаҕа. Эрэниэҕиҥ! Онуоха эрэнэ саныаҕыҥ! Туох да буолбутун иһин, хайдах да буолбутун иһин биһиги хаһан эрэ, хаһан эрэ биир иллээх дьиэ-кэргэн курдук олорон кэлбиппит эбээт...
Бу хаартыскаларга Иван Ласков олоҕун араас түгэннэрэ көстөллөр.
Улахан хаартыскаҕа суруйааччылар уонна Саха театрын артыыстара Москваҕа космонавтар куораттарыгар — Звезднайга, маҥнайгы космонавт Ю. Гагарин пааматынньыгын аттыгар түспүттэрэ. Бу хаартыска туһунан элбэҕи кэпсиэххэ сөп этэ да, чэ, ол бэйэтэ туспа история буолар диэтэхпитинэ омун буолуо суоҕа.
Оттон поэт Иван Ласков бу үс хоһооно саҥа бэчээттэнэллэр. Эдэр эрдэҕинээҕигэ суруллубут строкалар билигин хайдах эрэ сонуннук иһиллэр курдуктар.
Валентина Гаврильева,
суруйааччы.
*
СОНЕТ
В моей любви настала та пора,
Когда ее непрочные оковы
Собою, как ударом топора.
Способно разрубить любое слово.
Не потому ли мы с тобою снова
Молчим настороженно до утра?
Гремят в домах щеколды и засовы.
Уходит ночь, печальна и мудра.
И день встает, чтоб мы могли расстаться
И все слова, которые на дне
Смятенных душ отчаянно теснятся,
Раздать оврагам, пастбищам, родне.
И вновь сойтись, и молча оставаться
Под старой ивой в терпкой тишине.
15 октября 1967
ИДЕТ ГРОЗА
В потоке расколовшихся безмолвий
Идет гроза,
В неведомость маня.
Идет гроза!
При вспышках белых молний
Она фотографирует меня.
Мгновенья гнева,
Ужаса,
Восторга
В ее кассетах запечатлены.
Анфас и профиль,
С запада,
С востока,
Промокшие рубаха и штаны.
А если страх?
Не вынесу позора —
Гроза расскажет миру обо мне!
И громыхают тысячи затворов
В прикрытой облаками вышине.
Я выпрямляюсь,
Снова без движения
Стою над бурей,
Радость не тая.
Идет гроза,
Мои изображения
Уносит в недоступные края.
Она глядит в мои глаза упорно
И громом салютует,
Уходя,
И прорастают мысли,
Словно споры,
В горячих каплях синего дождя
ТВОЯ ЗЕМЛЯ
Земля!
Огонь, вода, металл!
Тринадцать лет далеких странствий.
Ты лишь о ней,
О ней мечтал
В околосолнечном пространстве.
И вот идешь...
Туман...
Дурман...
И жесткий, хлесткий коноплянник...
И голый падаешь в бурьян
На солнцем выжженной поляне.
И что почувствуешь, когда
С соцветия желтой-желтой кашки
На твой живот не без труда
Спорхнет упрямая букашка?
И видно, пупом всей Земли
Твой пуп покажется козявке.
Земля...
Земля...
И под тобою и в дали...
Твоя надежда и хозяйка!
/Ил Тумэн. Дьокуускай. № 26. От ыйын 4 күнэ 2001 сыл. С. 10./
Валентина Гаврильева,
Саха сирин Суруйааччыларын союһун чилиэнэ
ААСПЫТ ҮЙЭТТЭН СУРУКТАР
(Литература көстүбэт ырытыы)
Сорох кэмнэ киһи лнтература да, онно үлэлиир дьон да тустарынан, үгүс-элбэх тылөс тарҕанан бардаҕына, эбэтэр сыллар-хонуктар уларыйар, олох бэйэтэ да ким кнмин-тугун билбэт буолуор диэри уларыйар күннэригэр, урут сабыылаах кэриэтэ турбут темаларгын, боппуруостаргын дяҕаны, литературнай эргнмтэлэргэ кырдьыгынан эрэ кэпсиэххин баҕаран кэлэр күннэрдээх буолааччыгын.
О, ол литературнай эргимтэлэриҥ диэн арыт олус кэҥээн-тэнийэн биэрэллэрэ баар буолааччы эбээт. Арай суруйааччы эрэ оччоҕуна олох кырдьыгын ирдэһэн барар түгэннэрэ үүнэллэр. Литератор туһунан тыл-өс тарҕаныыта, эбэтэр сыыһа өйдөбүл үөскээн-тэнийэн барыыта арыт бэйэҕиттэн эмнэ тутулуктаах.
Суруйааччы кэми кытары тэҥҥэ аахсар, тэбис-тэҥҥэ олоҕу кытта хаамсар үлэ киһитэ буолар. Ол эрээри ити үөһэ эппитим курдук, атын-атын кэм атын өйдөбүлү даҕаны, атын санааны даҕаны, атын тыллары даҕаны эрэйэллэр. Билбэт, туохтан эрэ, тоҕо эрэ сабыллан хаалбыт темаларгын даҕаны, боппуруостаргын даҕаны, дьэ кэлэн кырдьыгынан этиэххин, суруйуоххун баҕаран кэлэҕин. Баҕар, дьэ, хата, ону ирдииллэрэ буолаарай эйнгиттэн күүтэр-эрэнэр дьонуҥ, билэр үлэһиттэриҥ.
Биһиги, суруйааччы Иван Ласковтуун, Москваттан үлэлии кэлбит сылбытыгар, уруккута “Хотугу сулус” сурунаалга, Суруйааччылар союзтарын соҕотох уусуран литературнай сурунаалыгар проза отделыгар саха биллэр суруйааччыта, олус үчүгэй кэпсээнньит, сэһэнньит, ытыктанар киһибит Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан үлэлиирэ. Ол күннэргэ үтүстэр кини тоҕо Чысхаан буолбутун, бачча сыл тухары син аҥардас араспаанньатынан да биллиилээх суруйааччы буолан кэлбитин туһунан ыйыталлара. Нико-лай Максимович соччо быһаарбат этэ. Арай биирдэ Ласковка кини дойдута тымныы полюһа буоларын туһунан, Өймөкөөҥҥө тымныы -60 кыраадыска тиийэрин туһунан эппитэ.
Проза отделын салайан олорор киһиэхэ, биллиилээх суруйааччыга, биллиилээх литературоведка, кириитиккэ Николай Максимович Заболоцкайга Ласков тоҕо аһары бэрт буолуута, чугаһыы сатаан иҥээҥнээһинэ, күүтүүтэ-кэтэһиитэ, суруйааччылары кытга кэпсэтэ-ипсэтэ, кинилэргэ чутаһыы сатааһына бэйэтэ биир туспа дьыалалаах этэ. Өссө үөрэнэ сылдьан мин кини көмөтүнэн, преподавательбит Мария Арнольдовна Долинская сүбэтинэн-аматынан, көмөтүнэн, этиитинэн, ыгыытынан да диэххэ сөп, саха этнограба, биллиилээх ученай В. Серошевскай “Тайҕа уһугар” диэн сэһэнин сахалыы тылбаастаан “Хотугу сулус” сурунаал прозатын салаатыгар, Николай Максимовичка туттарыыбыт буолбута. Сахалыы тылбааһын мин оҥорбутум. Суруйааччылары кытта кэпсэтээччи, тутгарааччы, Заболоцкайдыын кэпсэтээччи барытыгар И. Ласков буолбута. Таһыттан көрдөххө, кинилэр олус тапсыбыттара да, улуу кириитикпит, литературоведпыт, литература боппуруостарыгар улахан, сүдү учебнигы суруйбут, элбэҕи дириҥник билэр киһибит, ытыктабыллаах Николай Максимовичпыт, суруйааччы Заболоцкай, арааһа, соччо сөбүлээбэтэҕэ быһыылаах, ыксаабатаҕа, бэчээттэтэ биэрбэтэҕэ. Арай биири эппитин өйдүүбүн: “Аныгы кэм туһунан кэпсээннээххин дуо?”. Онтон тоҕо эрэ соһуйбатаҕым — кириитиктэр бары үтүктүспүт курдук аныгы кэми ирдэһэр хайысхалаах буолааччылар. Син туохха эмэ үөрэммит киһи быһыытынан мин да ону билэрим. Биллэн турар, улахан сэһэн кээмэйэ да мэһэйдэх буолун сөп уонна урукку обком үлэһиттэрэ олус бириинчик буолаллара. Н. М. Заболоцкай, биллэн турар, ол оннук тэрилтэҕэ сылдьан, туруорсар, кэпсэтэр, ыйыталаһар, көрдөрөр даҕаны санаата суоҕа. Кини утары хоһу өҥөйөн, Суруйааччылар союзтарын бырабылыанньатын председателэ Семен Даниловка даҕаны тугу да эппэтэх буолуохтаах диэн сэрэйэбин. Николай Максимович күлэрэ: “Тугу, абааһытын, былыргы суруйааччылары, народниктар диэннэри (хата, кини ситинник көнөтүнэн, тубус-туруору этэн кэбиспитэ), народник-суруйааччылары хасыһан, оҥорон таҕыстаҥый?” Ити кини миигин өссө аһыммыт, “үчүгэйи” оҥоруута буолуон сөптөөҕө. Ону бэйэҕит сыаналааҥ, билигин ол сэһэн тахсыбытын да, айдаана ааспытын да, ким төһө “народнига” биллибитин да кэннэ, билигин ону санаатахпына, киниэхэ соччо махтана санаабаппын, тоҕо эрэ... Баҕар, “абыраабыта” буолуо, ол оннук, баҕар, “быыһаабыта” буолуо, улуу кириитик улуутун аанньа — улуу, хайыаҥый, ол күннэргэ кини, кырдьыга, күүстээх этэ. Онуоха, биллэн турар, Суруйааччылар союзтарын бырабылыанньатын председателэ Семен Данилов өҥөтө олус улахана. Чэ, ол туспа дьыала. Билигин ол ону буккуйар табыллыбат.
Ол эрээри Семен Петрович Данилов тоҕо эрэ эдэр суруйааччыларынан интэриэһиргээбитэ. И. Ласковунан хас да ыстатыйалары тылбаастатан истибитэ (польскаи тылынан суруллубут ыстатыйалар оннооҕу литературнай хаһыакка уонна улахан сурунаалларыгар тахсыбыт этилэр). Хаста да Суруйааччылар союзтарыгар делегация да кэлэ сылдьыбыта. Культурнай олох сибээстэһиилэрин төрүтэ ууруллубутун курдук үөрэ түспүппүт эмиэ баара. Чэ, сити барытын туһунан атыттар да бары бэркэ билэллэр. Мин бэйэм сэһэним туһунан кэпсиим.
“Тайҕа уһугар”. “Уһугар” диэн тыл саха тылыгар, баҕар, “разговорнай” диэн ааттанар олус боростуой соҕустук арыт иһиллиэн сөп. Ол эрээри ону маннык быһаарыахха сөп: сэһэн оригиналыгар даҕаны “тайҕа бүтэр уһугар” диэн курдук өйдөбүллээх, ол аата тайҕаҕа буолбатах, ханна эрэ ол тайҕа бүтүүтүгэр, туундара аттыгар, туундараҕа буолбатах, дьэ, чахчы ол бэтэрээ өттүгэр, туундара быыстаах ойуурга. О, Халыма сирэ барахсан! Халыма сирин саҕа киэҥ, баай бултаах-астаах, элбэх киһилээх-сүөһүлээх сир урут да баара биллибэт, Саха сирин үрдүнэн! Сахалар былыр-былыргыттан бэйэлэрэ оннук эрэ өйдүүллэрэ. Үчүгэй сир, үчүгэй дойду диэн, бултаах-астаах, балыктаах күөллэрдээх, куһа-хааһа саас-сайын элбэх буолуохтаах. Билиҥҥитин билбэтим, ол — былыр. Билигин да бэрт буолуо ээ, дии саныыбын. Оннугун оннук да, ол булчут саха өйдөбүлүнэн эрэ буолуон сөп. “Тайҕа уһугар” сэһэн геройа сыылкаҕа олорор киһи, эдэр, оҕотук баҕайы студент уол, куорат уолун көрүүтүгэр үөнэ-көйүүрэ, бырдаҕа, ардаҕа, тымныыта, хайа, кыһыҥҥы тымныытын ахтан кэллэххинэ, бэл, саха бэйэтэ даҕаны сүрэҕэр ытгарар суола буоллаҕа. Оннук киһи этэ тардар айылҕалаах дойдулаахпыт быһыылаах, ону бэйэбит да бэркэ билэбит. Кыһыҥҥыбыт туһунан санаатахпына, эрдэттэн хам ылларан, дьиэҕин-уоккун саптан, сыбаан, сабынан эрэ барыаххын баҕараҕын.
Ол эрээри Халыма сирэ син биир ураты баай. Ыал аайы эмис чир, муксун балык миининэн аһаабыппын өйдүүбүн. Итиччэ интэриэһиргээн, оҥорон баран хайыаҥый, Халыма сиригэр Уйбаанчык өтөҕөр тиийэ сырыттаҕым дии! ёУйбаанчык өтөҕөё диэн сир чахчы баар быһыылааҕа. Баҕар, итэҕэйиэххит суоҕа гынан баран, эппиттэрин курдук өйдүүбүн, олохтоохтору кытары мөккүһүөҥ суоҕа дии саныыбын, билэллэрэ буолуо. Холобура, мин Мэҥэ сиригэр хайа ыал ханан, хас сыллаахха олорбуттарын кыратык билэр эбит буоллахпына, кинилэр да син оннук хайысхалаахтык билэллэрэ буолуо. Бу өтөххө, баччаҕа, маннык киһи, эбэтэр бу ыал олоро сылдьыбыттара, диэн. Бу алааска маннык ааттаах ыал олорон ааспыт, диэн. Бу өтөх аата — маннык, манна олоро сылдьыбыттара ол дьон, диэн. Сахалар итинник кэпсиир буолааччылар. Сахалар кэпсээннэрэ диэн сити эрэ буолааччы. Ким, ханан, хас сыллаахха олоро сылдьыбыта, кимнээх өтөхтөрө буолара, аата, аймахтара, ол курдук салҕанан бара турар. Оннук ааҕары сатыыр, билэр кырдьаҕастар баар буолаллара. Олохтоохтор сэһэннэрэ ситинник буолааччы. Халыма сиригэр миэхэ Уйбаанчыгым өтөҕүн көрдөрүүлэрэ, арааһа, эмиэ соннук хабааннаах буолан тахсыбыта.
Ол да буоллар сиэтэ сылдьыбыттара. Өтөхтөр бааллара. Сиэннэр, күөллэр, киһи кыайан хаампат маардара, онон-манан быһыта барыталаабыт курдук хонуулар, сыһыылар, хатан сабырыспыт талахтар уонна биир дэриэбинэҕэ буор сыбахтаах тэнитэн испиттэрэ. Сорохторо чахчы ити сэһэн геройа Уйбаанчыкка да майгынныыллара. Сурук-бичик, тылбаас эмиэ саҥа саҕаланан эрэр кэмэ этэ.
“Вацлав Л!
Бу суругу кытары мин Лермонтов “Терегин бэлэхтэрин” сахалыы тылбаастаабыппын ыытабын, сурдьум Илья Попов этиитинэн. Тылбааһын олус табыллан оҥордум диэн хайҕаныахпын сөбө суох буолуо. Бу — маҥнайгы уонна соҕотох опыт буолуохтаах. Иркутскайга билэр киһи көһүннэҕинэ, нууччалыы буукубаларын Бетлинг буукубаларынан солбуйуоххутун сөп, оччоҕуна ааҕарга чэпчэки буолуоҕа, сахалыы билбэт киһиэхэ, билэр да киһиэхэ саҥарарыгар ыарахаттардаах буолуон сөп, холобура, “ю” дорҕоон түбэһэр тылларыгар, ол французскай “и” курдук иһиллэр, уонна аһаҕас дорҕоонноох “дж” сүһүөх көстөр тылларыгар ыарахаттарданыаҕа. Кэнники эппит “дж” дорҕоонум саамай кылаабынай ыараханнык саҥарыллар дорҕоон буолуоҕа.
Мин бэйэм Бетлинг буукубаларынан тылбааһы суруйбатаҕым, Бетлинг грамматиката миэхэ суох.
Сахаларга эрэ, кинилэр тылбааһы өйдөөтүннэр диэн, тылбаас бүтэһигэр мин быһаарыылары оҥордум, анал аатгарыгар.
Мин тылбааһы судургу кэпсэтии тылынан оҥордум, тыл олоҕун тутуспакка да эрэ, холобура бэри (итинник этиллэр) тылын олоҕо биэр, онон биэрин да буолуо этэ да.
Дириҥ ытыктабылы кытары саха Иосаф Попов.
Р.S. Тылбааһы түргэнник ыыта сатаары оҥордум, сурдьум суругун туппутум олунньу 20-ис чыыһылаларыгар”. (Ксероксы И. Ласкова). Ученая-историк В. Иванов оҥорторбута. С.-Петербургтан аҕалбыт буолуохтаах.
Саха Иосаф Попов — бэйэтэ эппитин хатылыырбытыгар тиийэбит. Ити суругун кытары тылбааһа эмиэ баар, II томҥа угулла сылдьар. Кини нууччалыы суруйбутун биһиги сахалыы тылбаастаан дьоҥҥо көрдөрөр эрэ баҕалаахпыт. Ааспыт үйэттэн суруктар торумнарын ирдээһин — ыарахан. Уон, өссо сүүс төгүл ыарахан, тоҕо диэтэххэ, биир үйэ диэн хас сылый? Баара-суоҕа сүүс сыл! Ол сүүс сылга хас киһи олоҕо киириэн сөбүй? Үтүө айылаахтар тоҕус уон тоҕустарын да туоллахтары-на, тэп курдук сылдьар кыахтаахтар. “Ааспыт үйэ” диэн онон эттэххэ эрэ уһун, умнуллубут, өйдөммөт, ыраах, оннук быдан былыргы, ааспыт олох курдук көстөн кэлэр.
Литератураҕа, арыт тахсыбатар даҕаны, биллибитэ ырааппыт, бары кэриэтэ билэр, аахпатах да буоллахпытына, сэрэйэр бэйэлээх бэйэбит айымньыбыт курдук саныыр айымньылаах буолабыт. Ол оннук айымньылартан биирдэстэрэ бу — В. Серошевскай “Сахаларын” II тома. Баҕар, ол олус элбэх киһи корреспонденциялаабытыттан буолуо! Өрүү билэр кэпсээннэриҥ, анекдот курдук иһиллэр тылларын-өстөрүн, иччилэрин, абааһыларын, ынахтарын ааттара, аттарын дьүһүннэрэ...
Литератураҕа өссө биир кистэлэҥ кэриэтэ, биллибэт сүүрээн баар буолар. Ол туһунан арыый холкутук кэпсиим.
Семен Даниловка удаҕан туһунан кэпсээммин көрдөро биэрбитим. Удаҕан диэн — хайдаҕын да иһин дьахтар, кыра дьахтар, ойуун — улахан. Өскөтө ити кэпсээн туһунан адьас кырдьыгы этэр-буоллахха, маннык: биһиги дойдуга, мин төрөөбүт алааһым хараҥа сыырын үрдүгэр, күн көрбөт өттүгэр, хара тыа быыһыгар, били этэллэригэр дылы, ыт да мунна баппат иһирик ойуур иһигэр ойуун уҥуоҕа баарын биһиги, оҕолор көрөр буолар этибит. Дьон бэркэ диэн билэллэрэ ким уҥуоҕа буоларын, хайа ойуун көмүллэ сытарын, араҥаһын даҕаны, иҥнэри сууллан түспүт араҥас үрдүгэр сууллан түспүт аһаҕас уҥуоҕун даҕаны билэллэрэ. Мин маҥнайгы кэпсээммэр, арааһа, ол ойуун уҥуоҕун көрөн улааппыппын суруйбутум, ол ону былыргы үйэҕэ түһэрэн, ойуулааноһуордаан. Хара Суор диэн. Аата — Суор ойуун диэн. Кэпсэ-эммэр кини аатын, хата, улуу баһылык курдук киллэрбиппин, ойуунум буоллаҕына — удаҕан эрэ буолбут. Ойууннарым билигин да бааллар, удаҕаным — суох.
Кэпсээни Семен Данилов соччо сирбэтэҕэ да, тоҕо эрэ туттуммута. Суруйбута: “Бу кэпсээҥҥин сытыаран эр, тохтуу түс, өр оҥор...”. Ойууннар, удаҕаттар тустарынан билигин өссө кэм олус аһаҕастык кэпсиэххин даҕаны, суруйуоххун даҕаны син буолла.
Литература олоҕор араас-араас кэмнэргэ араас сүүрээн кыайан тахсар быһыылаах. Ол арыт улахан мөккүөрдээх да буолара. Күн кыһалҕатыгар айан, күннүүн куоталаһан, наар үрдүгэр дагдайа сатааһын, ол онтон туох да соччо тахсыбат.
Бу сылларга мин кырдьыгы этэртэн куттанан дуу, туттунан дуу олордум быһыылаах, улаханнык саҥарбакка, ким эмэ суолун туора түһүөм диэн туттунан, куттанан. Литератураҕа киһи хаһан эмит кырдьыгы этиэн баҕарар, киһилии саҥарыан баҕарар кэмнээх буолар. Итиэннэ баар буолар эбит онно эйигин өйүү сатыыр, дагдата сатыыр, аяньар киһи. Ол оннук дьоннортон биирдэстэрэ биһиэхэ Иван Ласков кэлэн ааспыта диэтэхпинэ, омун буолуо суоҕа. Кинини тоҕо эрэ Семен Данилов да, Софрон Данилов да наар мөккүөрдээх, киһи соччо ылына илик, общество олоҕор соччо өйөнө илик өттугэр, тематыгар анньаллара: “Ньургун Боотур” олоҥхону нууччалыы таһаартарыыга редактордатыы, В. Державинныын мөккүһүннэрии, Польшаҕа илдьэллэригэр матырыйааллары бэлэмнэтии, кылаабынайа, Г. П. Башарин кинигэтин редакциялатыы уо.д.а. үлэлэр литератураҕа арыт хас да сыл ааспат өйдөбүлү хааллараллар. Литератураҕа улуулар аттыларыгар кыра үлэһит киһи баар буолар эбит диэтэхпинэ, арааһа, ким да өһүргэниэ суоҕа дии саныыбын. Мин бэйэм олохпунан ону билбитим, көрбүтүм, истибитим.
Ити тыллартан саха обществота улаханнык эмсэҕэлиэ суоҕа.
Литература биир көстүбэт өттө, арааһа, ити буолар. Киниэхэ үлэһит буолуу — улуу дьол.
Суруйааччы бэйэтэ үчүгэйдик билэр сирдээх, дьонноох буолар. Хайа сиргэ, алааска, өтөххө хаһан кимнээх олоро сылдьыбыттарын, өтөх аатын билэр, сөбүлээн кэпсиир үгэстээх буолааччы. Өссө ааспыт үйэҕэ “саха Иосаф Попов” диэн илии баттаабыт, суруйсубут киһи — Мэҥэ киһитэ.
Бүгүн Мэҥэ сиригэр тахсан көрө сырыттым — Суор ойуунум араҥаһын үрдүгэр сабыс-саҥа даача дьиэлэрэ баар буолбуттар.
Ааспыт үйэттэн суруктар торумнарын ирдээһиним миэнэ итинэн бүппэтэҕэ. Биһиги алаастарбыт быыстарыгар тымныы да дүөдэлэр баар буолааччылар! Хараҥа иһирик ойуурдар, үрүт-үрдүлэригэр үүммүт титирик мастар быыстарынан баран истэххинэ, эмискэ баҕайы иннигэр хараҥа, дириҥ уулаах чөҥөрүйэн сытар дүөдэ сир анныттан, сир түгэҕин хараҕын курдук, сир дьөлөҕөһө буолан иннигэр барыс гына түһэр, Сир харахтара — дүөдэлэр, былыр сахалар сир харахтара, кулгааҕа киһи диэн, баҕар, итинник дүөдэлэргэ тэҥнээн, соһуйбучча ааттыыллара буолаарай, күһүҥҥү хараҥа түүннэр тымныы да буоллаллар, биир ол оннук сир хараҕа тымныы дүөдэ үрдүгэр, мин бэркэ диэн билэр дьонум хаампыт сирдэринэн, эрбэһин сыттаах кыра алаастар үрдүлэригэр, туох да соччо-бачча үүммэт, арай алаастарын үрдүлэринэн “ынах тыла” диэн ааттаах хатыылаах сэбирдэҕи кытары, киһи таҥаһыгар сыста сылдьар, чахчы даҕаны ааттыын “ытырыык от” диэн эрбэһин баҕайы саба үүнэн кэбиспит, уулара от күөҕэ тураҥынан саба бүрүллэн сытар күөллэрдээх, эрбэһиннээх алаастар быыстарыгар биир тымныы дүөдэ үрдүгэр үс нэһилиэк тиксиһэр быстар уһугар ааспыт үйэ бүтэр уһугар, саҥа үйэ үүнэрэ аҕыйах сыл хаалар кирбиитигэр биир киһи олоро сылдьыбыт буолуохдьиэлэр... Ол ыпыраас буор сыбахтарын олус сөбүлүү көрбүтүм баара... Уйбаанчыгым — үөрэхтээх киһи, былыргылыы суруксут эбээт. “Былыргылыы” буоллаҕына, ол аата нууччалыы үөрэннэҕэ, былыр саха суруга диэн соччо дэлэйэ илик кэмэ этэ, онон кини үөрэммит оскуолата нууччалыы буолар. Дьыала-куолу, үҥсүү эҥин барыта нууччалыы эрэ толоруллаллара. Көрдөһүү эмиэ, биллэн турар, нууччалыы эрэ. Архыыпка биир да сахалыы суругу көрбүплүн өйдөөбөппүн, оччолорго саха суруга диэн саҥа дьэ күөрэйэн эрэр кэмэ этэ, биһиги сырыы аайы ол туһунан кэпсиибит. Сахалыы сурук хаһан, хайдах күөрэйэн иһиитин туһунан. Кимнээх, хаһан сахалыы суругу тэнитэргэ кыһаллыбытгарын туһунан. “Тайҕа уһугар” сэһэн геройа Уйбаанчык — нэһилиэк суруксута, эмиэ биир оннук киһи, сахалыы суруксут, саҥа үөрэнэн бүтэрбит, саҥа дьыаланы-куолуну оҥорорго ылсыбыт эдэр үлэһит буолан эрэр киһи олоҕо ойууланар. Дьылҕа, суут-сокуон ыйааҕынан кини дьиэтигэр сыылынай олорор буолбут. Эдэр да суруксут буоллар, билэр буоллаҕа дии, нэһилиэгин тойоно кинини соччо өрө көрдөрөр санаата суоҕун, аҕата оҕонньор төһө да ыраас, чэнчис балаҕаннааҕын иһин, син-биир дьадаҥы буоларын эдэр суруксутуҥ, син саҥата суох умса туттан туран киниэхэ эрэ саҥа киһи кыһалҕата уонна бу сиргэ, баҕар, ил-эйэ олохсуйара киниттэн эрэтутулуктанарын Уйбаанчыгыҥ хас сырыы ахсын билэн турар буолуохтаах. Сыылынай дьиэтигэр саҥата суох умса туттан туран, күүтэр. Күүтэр дьиэни-уоту хаһан хомуйалларын, оҕо-дьахтар хаһан уоскуйарын, аһы-үөлү хаһан буһаралларын, хаһан мунньах буоларын, улуустан тугу быһааралларын дуу, суох дуу... Уйбаанчык нэһилиэгэр суруксутунан үлэлээһинэ дьэ ситинник саҕаланар.
Социалист-революционсртан атын дойдулар, атын омуктар олохторун тустарынан ыйыталаһар. Ол туһунан бу сэһэҥҥэ биир олус аныгылыы иһиллэр кэрчиги манна аҕалыахпын баҕарабын:
“... соҕуруу билбэт дойдутун олоҕун-дьаһаҕын, улахан хайа курдук таас дьиэлэрдээх куораттар, оннооҕу дьон туох санаалаах, хайдах олороллорун тустарынан Уйбаанчык утаппыттыы истэрэ. Айылҕа күүстэрин дьон онно хайдах туһанарын, дьол, доҕордоһуу, тэҥ буолуу диэн туохтарын тустарынан иһиттэҕинэ, харахтара уоттаналлара, будьурхай баттахтара өрө туран кэлэргэ дылы буолаллара.
— Ол барыта эһиги бурдук, килиэп аһылыктаах буолаҥҥыт дуо? — кини өс киирбэх ыйыппыта.
— Суох, оннук буолбатах... — Павел өйдөнөр буолаарай диэн аҕыйах тылынан киһи аймах хайдах сайдарын, сайдан испитин тустарынан быһааран биэрбитэ...”
Литературнай олох уонна литература соччо көстүбэт-биллибэт кистэлэҥ, арыт олох да киһи тыла да тахсан эппэт, этиллибэт сүүрээннэриттэн ити биирэ, литературовед Николай Максимович Заболоцкай этиитэ буолар быһыылааҕа, кини даҕаны ол тыллары, биллэн турар, халлаантан ылан эппэтэҕэ буолуо. Чахчы миигин баҕар, аһынан эгппитэ буолуо дуо? “Тугу, абааһыны, былыргы суруйааччылары, народниктар диэннэри (хата, кини ситинник көнөтүнэн, тубус-туруору этэн кэбиспитэ) народник-суруйааччылары хасыһан, оҥорон таҕыс-таҥый?” Кэнники кэм-кэрдии уларыйбыта, дьон санаата эмиэ уларыйан испитэ, аргыый-аҕай өөр-өр олох атыннык уларыйан барбыта... Дьон догмаҕа наһаа охтубат буолбута. Догманан үтүрүһүү, сиэһии суох буолан барбыта.
Литератураҕа араас сылларга араас хайысха баһыйа сылдьыбыта. Хас да сыл устата күөнтээн, баһыйан сылдьыбыт, литература эйгэтигэр суоһар күлүк буолан куттаан, тыыннарбакка да олордубут аатырар ГУЛАГ да тематын баһыйыыта ааста быһыылаах.
Уруккуну, өрдөөҕүнү умнан, киһи эдэр сааһыгар сыыһыан да, холус, тоҥуй буолуон, хаҕыс да тыллары этиэн сөп. Мин алҕаспын олох бэйэтэ көрдөрдө. Саха литературата хайа да омуктарга суох бэйэтин эрэ ис культуратын, бэйэтин традиционнай өйүн-санаатын, сиэрин-туомун, абыычайын, ойууннарын ритуалын кытары көрдөрөр оригинальнай литсратураланна. Саха литературата аан дойдуга аны адардас “Хара кыталык” да буоллаҕына, баай буолуо! Народнай суруйааччы, мин таптыыр суруйааччым, Иван Гоголев, бу элбэх сыллархонуктар ааспыттарын кэннэ, кини кырдьыгын олох, ааһарустар эндирдээх олох, бу тапталлаах Өлүөнэбит сарсыардатын курдук дакаастаабытын кэннэ, кьгыһырыа, хомойуо суоҕа дии саныыбын. Төттөрүтүн, аны хайҕааччы буолуоҕум, батыһааччы буолуоҕум! Олохпут кырдьыга ону көрдөрдө.
Саха төрүт культуратыгар сыһыаннаах биир сүдү айымньы үөрэтиллибэккэ, биллибэккэ-көстүбэккэ таах сытар: “Сахалар” В Л. Серошевскай, II тома, кини соччо улахана суох, манна барыта дьэ саамай умнуллан эрэр саха итэҕэлин, ойууттар, удаҕаттар, остуоруйалар, ырыа-тойук тустарынан олохтоох дьон өйдөбүллэрэ, Түспэт ойуун туһунан, ынахтар ааттара, ат сэбэ-сэбиргэлэ, иччилэр туһунан итэҕэл, сахалар таҥараларга тугу аһыыллара-сииллэрэ, ити үөһэ суруйбутун курдук ханна, хайа томтордорго ойууннары көмөллөрө, балык-ас, ат-көлө, ынах-сүөһү ааттара-суоллара, онтон да атын үгүс-элбэх матырыйааллар үөрэтиллибэккэ-чинчиллибэккэ таах сыталлар. Эдэр дьон, эдэр учуонайдар үүнэллэрин күүттэҕэ.
“Ааспыт үйэтгэн суруктар” диэн этэ дии, бу үлэм. Ити үөһэ эппит II-ис томум биир суругун саха ааҕааччыларыгар тиэрдиэхпин баҕарабын. Ааспыт үйэҕэ саха суруга өссө үөскүү илик кэмигэр аҕыйах үөрэхтээх дьон сахалыы суругу-бичиги тааҕа — олохтоох ыалларын ааттара Петровтар диэннэр — ол Петровтарга блоро сылдьыбыт буолуохтаах искровец-агент Иван Радченко. Петровтар билэр ыалларым. Хас да Пстров баар буолуохтаах. Билитин да бааллар. Маннык сиргэ, тымныы дүөдэ үрдүгэр, кини да кыайан тулуйан олорботох, эбэтэр... Эбэтэр куоппут, үүрбүттэр. Хоргуибут да буолуон сөп. Улуу баайдары көрөн олорон... Манньыаттааҕы, Тэгэйээннэри... Бу сиргэ биир үһүйээн — дьэ ол. Ону хайдах эрэ, бэл, мин да өйдүүр курдукпун. Баҕар, ким эмэ эппитэ дуу? Аҕам. Аҕам аҕата? Хаҥган эрэ, хаһан эрэ, ким эрэ эппит курдуга. Чэ, ол суолтата суох. Кылаабынайа — үһүйээн. Киһи бэйэтигэр илдьэ сылдьар, арыт кыайан да эппэт, мээнэ кэпсээбэт, тылыҥ тахсыбат үһүйээнин.
Тэгэйээннэр ааттара Сэһэн Болоҕо баар. Эрбэһининэн уонна “ытырыык от” диэн ааттаан отторунан саба үүммүт, кыра баҕайы алаастар олохторо — ити! Үһүйээн? Олус былыргы? Киһи өйдөөбөт буолбуг былыргыта дуо? Үһүйээн диэн — үһүйээн, арыт ол да кистэниэн соп. Тоҕо эрэ.
Тымныы дүөдэлэр диэки баран истэхпинэ, икки аттаах уол ситэн ааста. Сэрбэллибит, өҥдьүһүн көстүбэт да буолбут, кугастыҥы диэҕи, сиэрэй курдук, олус сиэрэй диэҕи, эмиэ да көҕөччөрдүҥү, уһун сиэллээх саха аттара лэппэриһэн ааспыттарыгар соччо соһуйбатаҕым.
Алаас үрдүгэр кэлииккэ аан баар эбит. Уолаттар ол аан иннигэр кэлээт, тохтобтулар, ааннарын астылар уонна мин диэки хайыһаат, ыраахтан, куораттыы соҕус, эрийэн этиилээх билэр тылларбын истэн, хайдах эрэ үөрэ түстүм:
— Сабаарыҥ ээ, биһиги кэннибититтэн, — уол этиититтэн соһуйан, мин санаатым: “Оскуоланы саҥа бүтэрбит, үөрэхтээх оҕолор...”.
Саха киһитэ олус үчүгэй, интеллигентнэй эрэ буола сатаатаҕына, итинник, куораттыы “эн” диэни “эһиги” диэн үчүгэйдик, тупсаран этээччи.
“Сабаарыҥ ээ...” — диэн тыллары ботугуруу-ботугуруу, мин үөрэ-көтө кэлииккэ аанын сабабын. Тыаны эргийэ түһээккин кытары эмискэ эн иннигэр дириҥ баҕайы хараҥа өҥнөөх дүөдэ чөҥөрүс гына түһэр. Дүөдэҕэ эмискэ кэтиллэ түһэр курдуккун! Ол эмискэтэ бэрдиттэн дүөдэ иннигэр тохтуу түһэҕин, өр тохтоон тураҕын, дүөдэ үрдүгэр сабыс-саҥа, аны-гылыы тутуулаах, сырдык дъиэ дъэндэйэн турарыттан соһуйа түһэҕин, — бу быраҕыллыбыт өтөх үрдүгэр, эрбэһининэн саба үүммүт алаастар быыстарыгар, саҥа тутууну корөн соһуйаҕын. Саҥалыы күрүөлэри уонна сабыс-саҥа дъиэни от быыһыттан быган туралларын көрөн, тохтуу биэрэҕин. Аттыгар, били, өҥо-дьүһүнэ суох аттарым бааллан тураллар эбит уонна хойуу, өлгөм соҕус түүлээх, эһэтээҕэр эрэ кыра хара ыт үрэ тоһуйар! Уолаттар сырсан тахсаллар, ыйытабын:
— Малдьаҕарга кэллим дуо?
— Суох! Малдьаҕар ол сытар, — улахан уол тыа кэтэҕэр көстөр алааһы ыйар.
— Оттон Тэгийээн?
— Тэгийээн сити сытар, — саҕалааҕа уҥа сэндэҥэрэр сир диэки ыйар.
— Манна тугуй — бу? Сылгыһыттаргыт дуо?
— Суох, отчуттарбыт. Манна — база. Спортивнай.
Кырдьык даҕаны, тыанан аҕыйах хаамыы бардаххына, өссө икки саҥа дьиэ турар эбит. Аныгылыы. Ыччаттарга ананан тутуллубута биллэр. Барыта саҥа. Тимир оһох от күрүөтэ...
Тохтоон тура түһээт, үөрэ көрөн баран, бэйэм туспа номохпун тутуһан, дьиэм диэки эргиллибитим. Кэннибэр баэа саҥа дьиэтин кырыыһатыгар фанеранан кыһаллан-кыһаллан оҥоһуллубут эргичиҥнэс петушога — өссө кырааскалана да, күн уотугар кубарыйа да илик саҥа фанера бөтуүкчээнэ тэлибирии хаалбыта, оттон ааныгар — кыһыл дермантинынан кырыллан сыһыарыллыбыт атахтаах ат ойуута — оҕо садын ыскаабын ойуутун санаппыта.
Биир хараҥа, дириҥ дүөдэ үрдүнээҕи номох дуу, олох дуу остуоруйата итинник.
Икки үйэ харсыһар кирбиитигэр икки алаас баара: Малдьаҕар уонна Тэгийээн диэн. Икки үйэ кирбиитигэр, историк Башарин эппитин курдук, промышленнай капитал диэн үөскээн эрэр кэмэ этэ. Кэлии-барыы, эргинии субу хараҥа дүодэлэри эмискэ уһугуннарбыт буолуохтаах. Икки үйэ кирбиитигэр икки алаас икки ардыгар улахан тутуу биллэриллэн, мин да дьонум үлэлээн, тутуһан, номох курдук кэпсэнэн, арыт үөҕүллэн, арыт арбанан, улахан, сырдык түннүктэрдээх дьиэлэри тутуһан дьон аатын ылан кэлбиттэр эбит субу манна.
Промышлсннай капитал диэн үөскээн эрэр кэмигэр, үйэ саҥатыгар эргинии, куоракка арыы, эт киириитэ, биллэн турар, ол Манньыаттаах уолун хамначчыттарынан тиэллибитэ биллэр. Хамнаска кэпсэтии диэн саҥа үөдүйэн эрэр кэмэ этэ. Хамнаска үлэлии киирии, хамнаска кэпсэтии диэн тыллары сити курдук судургутук саҥардахха, саха киһитэ тута өйдүү охсор. Икки үйэ кирбиитигэр икки алаас икки ардыгар итиннэ, ситиччэ кыараҕас сиргэ үйэлэр көрсөн ааспыттар.
Саха феодалларын уларыйбат олохторун укулаата хамныыр, эстэр кирбиитигэр дьиэ-уот да тутуллуута, атыы-тутуу да үөскээһинэ, Г. П. Башарин эппитинии, ол барыта биһигини российскай уопсай рынокка киллэрбит үтүөлээх эбит. Оннук үһү олох сайдыыта. Ол эрээри, о ол эрээри эстибит диэн — эстибит. Малдьаҕар олоҕо ол улуу атыыһыт киэҥ дьиэтин тутуутунан бүппүт эбит. Олохпут атыннык сайдан барбыт. Тымныы дүөдэлэр уулара өссө хараҥаран, дириҥээн, күөх ньалаҕайынан бүрүллүбүтгэр.
Россия олоҕо — уустук. Ол сыллардааҕы биллэр кэпсэтии дьон санаатыгар эмиэ номох эрэ курдук өйдөнөн хаалбыт: революция сирдьитэ В. Ленин ханна эрэ, хаһан эрэ эппитин өйдүүбүн — Сибииртэн агент И. Радченко кэллэ, партийнай этиһиини бүтэрэн, бары бииргэ түмсэн, үлэһитгэри илиибитигэр ыллахпытына табыллар, билигин бары хамнаска барыталаан эрэллэр.
Биир биллэр номох буолбут кэпсэтии — итинник этэ...
Ааспыт үйэттэн суруктар... Ааспыт үйэттэн суруктар киһиэхэ онуманы уустугу санатан аһараллар, арыт киһи билэрин даҕаны умнан ылар кэмнэригэр, кинилэр эрэ эйиэхэ иккистээн тиллэн, ааспыт үйэ ааспыт олоҕун санатан ааһаллар.
Семен Пстрович Данилов кэминээҕи литературинай олох айдааннарыттан өссө мин тугу өйдүүбүнүй? Элбэҕи билбэт этим. Биллэрбэт этилэр. Этэллэрэ, кэпсииллэрэ ахсааннаах этэ. Ол эрээри биири үчүгэйдик өйдүүбүн.
Биир күһүн: “Семен Петрович эмиэ ыалдьыбыт үһү”, — диэн сурах Москва студеннарыгар иһиллибитэ. “Кэпсэтиэххитин баҕарар буоллаххытына, Кремлевскай балыыһаҕа бара сылдьар үһүгүт”, — диэн эттилэр. Олохпутун быһаарына сылдьар икки эдэр киһи,биһиги,тиийдибит уонна судургутук, көнөтүк ыйытар дьон буоллубут:
— Олорор дьиэ көстүө дуо? Оччоҕуна тиийэбит, — диэтэ И. Ласков. Семен Петрович ити көнө ыйытыыттан соһуйла да быһыылаах, үөрэ түстэ, тохтуу түһэн баран эттэ:
— Дьиэ көстүө. Булан биэриэм.
Онтон ыла хас да сыл ааста, элбэх хоһоон, сэһэн сурулунна. Мин Семен Петровиһы бу сылларга соччо ахтыбат этим да, бу кэлин сылларга, соҕотоҕун олорон, үгүс сыллар ааспыттарын кэннэ, сүрэхтэн тахсыбыт истиҥ тыл киһиэхэ хаһан эмит, туох барыта ааспытын кэннэ, өйдөнөн кэлиэн син эбит дии санаатым.
Семен Петрович кэмэ.... Суруйааччылар, биһиги, бары эдэр соҕус этибит, таптал кэмэ этэ ол, таптал хоһуллара уонна элбэх үлэ да тэриллэр курдуга, ол дьон эрдэхтэринэ...
“Манчаары маҥан ата!” Дьэ, чахчы да маҥан, Мэҥэ сирэнэн кыырайан аастаҕа Манчаары маҥан ата, Күөх Кэтириинэни сиэппитинэн. Чыаппара тыата бу дойдуттан арыый аллараа, Мыла үрэҕин аннын диэки, хара тыа быыһыгар Манчаары маҥан ата манан ааспыта...
Семен Петрович, бу сирдэринэн баар эбит билигин даҕаны эн ааттыы-ахта сатаабыт алаастарыҥ — “Ырыа уҥуоҕа” даҕаны, “Оҕо мэҥэтэ” даҕаны... “Оҕо мэҥэтин” үрдүнэн билигин үрүҥ хоптолор кыырайаллар. Хантан кэллэ манна, бу эрбэһиннээх кыра алаас үрдүгэр, маннык элбэх үрүҥ хопто? Бу дойдуну ахтан ааспыт поэт өлбүтэ быданнаабытын кэннэ...
/Кыым. Дьокуускай. Кулун тутар 28 к. 2000. С. 3/